Сахам сирэ барахсан. Ыллыыр Герман Степанов-Байтыкан
САХАМ СИРЭ БАРАХСАН Афанасий Гуринов-Арчылан тыла Аркадий Николаев-Эрхаан музыката Үрүҥ күн соҕотох — Ийэ сир үрдүнэн, Үүт тураан олоххо айыы хаан дьулуһар. Ирбэт тоҥ үрдүгэр өркөн өй өргөйөн, Ил-эйэ алгыстаах аартыгын дабайсар. Үтүмэн ахсааннаах уулартан күүс ылан, Улуукан эбэбит үс үллэр үөстэнэр, Үлэни айхаллыыр сомоҕо дьонуттан Уйгулаах биһикпит уруйа улаатар. Үрүҥ күн анныгар Үйэ саас тухары Самныбат саргылан, Сахам сирэ барахсан! Олоххо уостубат тапталы уруйдаан, Олоҥхо дойдута, чэлгийэ чэчирээ, Көмүскэс санаалаах бар дьону кынаттаан, Кыталык саас аайы бу сиргэ үҥкүүлээ! Саарбалаах аар тайҕа угуйа суугунуур, Сулустуу чаҕыллан, алмаас таас күлүмнүүр — Тутарга-айарга, кэскили түстүүргэ Туох суоҕуй бу манна — олоҥхо дуолугар?! Үрүҥ күн анныгар Үйэ саас тухары Самныбат саргылан, Сахам сирэ барахсан! 1992-2013 сс.
Похожие видео
Показать еще