Таптыаҕыҥ ийэни HD
Таптыаҕыҥ ийэни. Серафим Кулачиков - Эллэй тыллара, Ольга Иванова мелодията. ***** Күн көрүө - от үүнүө, Сибэкки тэтэриэ. Күнэ суох туох үүнүөй? Күөх сирэм күкээриэ. Ол тэҥэ - күн тэҥэ Эн ийэҥ, мин ийэм. Ийэтэ суох иинэн Иһийиэ сир ийэ. Күндүттэн күндүнү, Кэрэттэн кэрэни, Күөх сирэм сир күнүн - Таптыаҕыҥ ийэни! Ийэттэн төрүүллэр Генийдэр, геройдар, Долгуннуу үксүүллэр, Үүнэллэр норуоттар. Эн, кини уонна мин Ийэттэн кэлбиппит, Ийэбит эмиийин Илгэтин испиппит. Үрдүк күн соҕотох, Аан дойдуҥ эмиэ биир, Ийэ сир оҕото, Эн ийэҥ эмиэ биир. Ийэккэҥ сүрэҕэ Эн түөскэр тэбиэлиир. Күн күбэй ийэҕэр Сыһыаннас истиҥник! ***** Сигэ (1080p, 202 мб): https://cloud.mail.ru/public/A3Km/hAuAKCpwy