Кыыс Амма HD

14.05.2018
Кыыс Амма. Валерий Ноев тыллара уонна мелодията. ***** "Хартыыналар" - Михаил Потапов хаартыскаларыттан. http://dnevniki.ykt.ru/Acuto Махтал!!! ***** Кэрэ кыыс, эйиэхэ Тапталы мин кэпсиэм, Этэр тыл кэрэтин Эгэлгэ бэйэтин, Нарынын, намчытын Эйиэхэ эрэ анааммын, Сүрэҕим чопчута - Кыыс Амма. Кэрэ кыыс, мин диэки Эйэҕэстик эн көрүүй, Истиҥтэн истиҥник Эйэҕин этиий. Нарыннык, наҕыллык Миэхэ эрэ анааҥҥын, Сүрэҕим чопчута - Кыыс Амма. Ахтылҕан аргыстаах Ырыабын эн иһит. Үйэлээх тапталы Сүрэххэр эн иҥэр. Нарыннык, наҕыллык Үйэлэргэ уста тур эн, Сүрэҕим чопчута - Кыыс Амма. ***** Кыыс Амма (1080p, 390 мб): https://cloud.mail.ru/public/A3Km/hAuAKCpwy Валерий Ноев ырыалара (11 ырыа, 128 kbps, 26 мб) https://cloud.mail.ru/public/LWrH/qBVor5RYE

Похожие видео